“Моҕол ураһа” киинэ кулун тутарга сүрэхтэниэ
Кулун тутар саҥатыгар, Норуот маастарын күнүн бэлиэтээһиҥҥэ сигэнэн “Күн оҕолоро” айар бөлөх “Моҕол ураһа” диэн ааттаах саҥа киинэтин киэҥ эйгэҕэ сүрэхтиэҕэ. Тус бэйэм бу документальнай киинэни күүппүтүм ыраатта. Туос ураһаны сөргүтүү – саха омук бастыҥ дьоно өр сыллар устата ыра санаа оҥостон илдьэ сылдьыбыт санаалара.
КИИНЭНИ УСТУБУТ БӨЛӨХ
2014 сыллаахха түмсүбүт “Күн оҕолоро” киинэ устар устуудьуйа бүгүн Саха сирин документалистикатыгар улахан кылааттарын киллэрдилэр. Бүгүҥҥү күнтэн эргиллэн көрдөххө, Сардаана Барабанова уонна Диана Худаева түмпүт бөлөхтөрө сүүрбэччэ документальнай киинэни устан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттар. “Күн оҕолоро” өрөспүүбүлүкэбит улуустарын тилийэ кэрийэ сылдьан, дьон олоҕун, үлэтин усталлар, дойдубут уруккутун, устуоруйатын үөрэтэн умнуллубуту сөргүтэллэр. Биллэн турар, үгүс улахан бэстибээллэр кыайыылаахтара, бу уһун испииһэги суруйартан туттунуум – билиэн баҕалаахтар https://kyunogoloro.studio/ саайтка киирэн көрүөххүтүн сөп.
Бу бөлөх үлэтин кытта бастаан “Туундараны араҥаччылааччылар” (“Хранители тундры”) диэн киинэлэрин көрөн билсибитим. Анаабыр улууһун олохтоохторо – табаһыттар, балыксыттар, оҕолор, чуум үлэһиттэрэ сыл устата хайдах олороллорун ыкса чугастан көрдөрөр киинэни сөҕө, астына ылыммытым. Оттон икки сыллааҕыта сүрэхтэммит “Сэрии оҕолоро”, мин санаабар, Саха сирин документалистикатын биир бастыҥ үлэтинэн буолар. Бу лиэнтэҕэ Таатта улууһун кырдьаҕастара сэрии кэмигэр ааспыт оҕо саастарын ахталлар. Аас-туор олох туһунан киһи уйулҕатын хамсатар ынырык кэпсээннэри ол кэм тыыннаах туоһуларыттан истэр олус ыарахан. Кэпсэнэр ахтыылары уруһуй уонна анимация нөҥүө көрдөрбүттэр, ол кэмҥэ 6-14 саастаах оҕолор хайдах сэрии саҕаланыаҕыттан Кыайыы күнүгэр диэри олорбуттарын кэпсииллэр.
“МОҔОЛ УРАҺА” КИИНЭ БЫРАЙЫАК
Моҕол ураһаны тутан, саха омукка төннөрүү туһунан Борис Неустроев-Мандар Уус олох өрдөөҕүтэ санаммыт. “Ама урут биир саха тэрийэн ураһаны кыайан оҥорторор эбит буоллаҕына, хайдах бүтүн биир омук кыайыа суоҕай?” диэн этэр санаатын көхтөөх дьон иилэ хабан үлэлэһэн барбыттар. Оттон документальнай киинэ моҕол ураһаны тутуу бырайыагын биир тутаах киһитэ “Уран” дизайн-устуудьуйа дириэктэрэ Вячеслав Яроев “Күн оҕолоругар” кэлэн, бырайыагы сырдаталларыгар көрдөспүтүттэн саҕаламмыт. Бастаан туох да үбүлээһинэ суох, баҕа санаа эрэ күүһүнэн үлэ саҕаламмыт, ураһа тутааччылары батыһа сылдьан тугу гыналларын камераҕа устубуттар. Сырыы, хонук, тэрээһин өттүн бэйэ күүһүнэн, Яроевтаах көмөлөрүнэн быһаара сылдьыбыттар. Онтон 2020 сыллаахха Култуура уонна духуобунас министиэристибэтиттэн киинэ оҥоруутугар бырайыак көмүскээн субсидияны ылбыттар. Онтон ол ылбыт үптэрэ үлэлэрин ситэ оҥороллоругар тиийбэтин өйдөөн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Култуураҕа көҕүлээһин пуондатын гранын куонкурсугар кыттан кыайыылаах тахсыбыттар.
“Күн оҕолоро” 2017 сылга ураһа туруорар сири көрдөөһүнтэн, Моҕол ураһаны аһар үөрүүлээх тэрээһин күнүгэр диэри устубуттар. Ураһа сэргэлэрин, курдууларын оҥоруутун, испэ-таспа туостарын тигиитин, ону таһынан, хас да улууска сылдьан, ураһа тура сылдьыбыт сирдэрин чинчийиини, устуорук, культуролог идэлээх саха учуонайдарын кытары интервьюлары устан, сүүнэ үлэни оҥорбуттар.
УРАҺА ТУҺУНАН ЫРА САНАА
“Моҕол ураһаны тутуохха!” диэн, бырайыагы саҕалаабыт киһибит, Мандар Уус, бастакытын ураһа туһунан билбитин бу курдук кэпсиир. Оскуола оҕото Тандаҕа кылааһынан тиийэ сылдьан, быыкаайык хоско олохтоох түмэлгэ ураһа туоһун көрбүт. Ону оһуора кэрэтин сөҕөн, харандааһынан уруһуйудаан ылбыт. Итинтэн ыла үйэтин-сааһын тухары ураһа туһунан билэ, көрдүү сылдьар буолбут. Онон бырайыак 2017 сылтан буолбакка, быдан уруккку кэмнэртэн саҕаламмыт диэххэ сөп.
Саха ураһатын туһунан устуоруйаны чинчийээччилэр, худуоһунньуктар, суруйааччылар норуот маастардара куруутун кэпсэтэллэрэ. Дьиҥэр, ураһа оҥоһуута, быһыыта-таһаата олоччу сүппэтэҕэ. Дьиҥнээх ураһа оһуордаах туоһун кырадаһыннара Е. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр, А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография, Арассыыйатааҕы энография, Америка устуоруйаны чинчийии (АМЕИ) түмэллэригэр хараллан сыталлар. Моҕол ураһаны научнай хабааннаахтык саха итэҕэлин кытта ыкса тутан үөрэппит бастакы учуонайынан Г.В. Ксенофонтов буолар. Кини кэнниттэн О.В. Ионова, А.А. Попов, Ф.М. Зыков, З.П. Соколова, А.А. Саввин, М.М. Носов үлэлэрэ тахсыбыттара. Ону таһынан, хаһыаттарга элбэх ыстатыйаны Баайаҕа олохтоох кыраайы үөрэтээччитэ Егор Андросов суруйталаабыта. Билиҥҥи кэмҥэ Моҕол ураһаны итэҕэл, сиэр-туом өттүнэн үөрэтиини устуоруйа билимин хандьыдаата Наталья Данилова соҕотох кэриэтэ ыытар.
Ол эрэн, сэбиэскэй да кэмҥэ, аныгы да былааска, бу сылларга диэри ураһа туһунан ыра санаа илэ олоххо киирбэтэҕэ. Биһиги көлүөнэ олорор кэмигэр баҕа санаа, кыах, үлэ түмүллэн Моҕол ураһа турбута саха омук култуурата муҥутуур сайдыытыгар чугаһаабытын туоһулуур.
ТҮМҮККЭ
“Моҕол ураһа” киинэни номнуо көрбүт дьон баар эбит. 2023 сыл бүтүүтэ ахсынньы 29 күнүгэр Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр сүрүннээн бүппүт киинэни көрдөрбүттэр. Бу нэһилиэккэ олорор элбэх уус иистэнньэҥнэр ураһа туоһун тигиигэ кыттыбыттар эбит. Өссө биир эрдэ көрбүт дьон баайаҕалар уонна чөркөөхтөр. Ыйы кыайбат кэминэн “Моҕол ураһа” киинэ сүрэхтэниитэ буолар. Дьэ онтон, бу киинэ киэҥ быракаакка тахсара бэлэмнэнэр. Ааптардар хаһан чопчу саҕаланарын этэр кыахтара суох – өссө даҕаны бу хартыына прокатнай дастыбырыанньа ыла илик. Мин саныахпар, эрэкилээмэ хампаанньатын ситиһиилээхтик ыыттахха, киэҥник быракааттанан, документальнай киинэҕэ билиэт атыылаһан сылдьыыга дьону угуйуохтарын сөп. Моҕол ураһаны тутуу курдук саха сатабылын барытын түмэр улуу дьыаланы саҕаланыаҕыттан түмүгэр диэри көрдөрөр, өйдөбүлүн арыйар киинэни көрүөн баҕалаах дьон элбэх.
Документальнай киинэ Саха сиригэр олус үрдүк таһымҥа тахсыбыта дакаастабылы ирдээбэт. “24 хаар”, “Ганнибал”, “Сэрии оҕолоро” курдук уһулуччу оҥоһуулаах документальнай киинэҕэ тус бэйэм үөрүүнү кытта харчы төлөөн сылдьыам этэ.
Источник: Егор Карпов, https://sakha-sire.ru/
Культурнай инициативалар фондаларын ссылкалара: