Сардаана Барабанова: киһи бу олоххо көҥүл буолуохтаах…
Өрөспүүбүлүкэбитигэр сылын ахсын үлүгэрдээх киинэ уһуллан тахсар. Бэл, федеральнай көрдөрөр-иһитиннэрэр ханааллар, интэриниэт-ситимнэр соһуйан, интэриэһиргээн, саха киинэтин туһунан сөҕө-махтайа кэпсииллэр, сырдаталлар. Ол эрээри документальнай киинэни устааччы тарбахха баттанар ахсааннаах. Былырыын саас Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатыгар командировкаҕа сылдьан, бииргэ үөрэммит дьүөгэм Сардаана Барабанова устубут киинэтин көрөн, наһаа да астыммытым, үөрбүтүм. Онон, бу сырыыга «Итии чэй» рубрикаҕа Сардаана Барабанованы кытары көрсөн кэпсэттим.
«Күн оҕолоро» бырайыак
– Сардаана, хаһааҥҥыттан киинэ устуутунан дьарыктанаҕын?
– 2014 сыл сааһыгар диэри киинэ эрэ устуом дии санаабакка сылдьыбытым. Арай Сахам сирин баһыттан атаҕар диэри кэрийэн, хаартыскаҕа түһэрэн, суруйан, аан дойдуга кэпсиэхпин олус диэн баҕарар этим. Онон харахпын быһа симэн баран, хонтуора үлэтиттэн уурайбытым. Инним-кэнним биллибэтэр да, өйүм-санаам баҕатын хоту сырыттахпына, барым барыта сатанан, суолум аһыллан иһиэ диэн эрэллээҕим.
Онтон, дьэ, арай соһуччу биир билэр уолум Сэбээн Күөлгэ барыахха, мин дойдубун көрдөрүөм диэн ыҥырда. Тыый, үөрүүнү кытта сөбүлэстим. Эрдэттэн дьоҕус киинэни устарга быһаарынныбыт. Ол гынан баран, чопчу хайдах, тугу устарбытын олох билбэппит. Операторынан бииргэ алтыһар кыыһым Марина Калинина барсыах буолла. Табаһыттар, хоту дойду диэн баран муннукка ытаабыт кыыс.
Сэбээн Күөлгэ айаннаан иһэн идея бөҕө киирэн, «Күн оҕолоро» диэн документальнай цикл оҥорорго санаммытым. Сэбээн Күөлгэ биир суукканы быһа кып-кыараҕас суолунан, хайалар быыстарынан, үрэхтэринэн айаннаан тиийбиппит. Киһи өйдүү-саныы сылдьар суола этэ. Сэбээн Күөлбүтүгэр тиийэн үс хоннубут быһыылааҕа. Оруобуна табаһыттар слеттара буола турара. Куораттан, илин эҥээртэн ырааппатах киһиэхэ, барыта сонун этэ. Кыраһыабай да сиргэ олороллор эбит, сэбээннэр. Альпы диэн сымыйа. Аны салгына ырааһа бэрдиттэн мэйиим эргийэн, сүрэҕим мөхсөн ылбытын өйдүүбүн.
Ол сырыттахпытына, баһылык ыҥыран ылла. Доппуруос бөҕө. «Якутск вечерний» хаһыаттан сылдьаргыт буолуо диир. Арааһа, ол-бу куһаҕаны устуохтара диэ сэрэхэдийдэҕэ. Оннук Сэбээн Күөллээҕи киинэбит оҥоһуллубута.
– Оччотугар бастакы киинэҕит сэбээннэр тустарынан буоллаҕа?
– Оннук. Ол эрээри санаабыт хоту устубатахпыт. Табаһыттарбыт да ситтэрбэтэхтэрэ. Айаммыт уустуктардаах буолан, төннөн кэлбиппит. Бастакы аата бастакы. Кэлин сыта-олоро толкуйдаан, аа-дьуо ити цикл идеята эттэнэн, ситэн-хотон испитэ. Ити сыл сайыныгар Таатта Кыйытыгар тахсан, дьэ, баҕа хоту нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин туһунан киинэбитин устубуппут. Салгыы Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар, Сунтаар Аллыҥатыгар сылдьыбыппыт. Итинник саҕаламмыта киинэ эйгэтигэр суолум.
– Дьүөгэлэриҥ, табаарыстарыҥ уус-уран киинэ устуутунан үлүһүйэллэр, оттон эн эмиэ тоҕо кинилэри батыспатыҥ?
– Этэн аһарбытым курдук, киинэ эйгэтигэр сорунан туран киирбэтэҕим. Бэйэм идэбинэн суруналыыспын. Син балачча идэбинэн үлэлээбитим. Соһуччу киинэ диэки халыйан хааллым. Дьиҥинэн, суруналыыстыка уонна документальнай киинэ биир тыыннаахтар диэххэ сөп. Онон соччо ырааппакка сылдьар курдук сананабын. Арай суруйарбын суохтуубун. Дьүөгэлэр, табаарыстар киинэ эйгэтигэр бааллар. Кинилэр үксүн уус-уран киинэни усталлар. Ол да буоллар, бэйэ-бэйэбитигэр сүбэ-ама буолабыт. Дьиэ кэргэммитигэр киинэ эйгэтигэр быһаччы сыһыаннаах дьоннордоохпут. Күтүөтүм — Дмитрий Шадрин «Сахафильм» салайааччыта уонна кини кэргэнэ, бииргэ төрөөбүт балтым Ньургуйаана Шадрина — Саха тыйаатырын артыыската. Ол гынан баран, муһуннахпытына киинэ тиэмэтин таарыйа сатаабаппыт. Үлэ буоллаҕа дии. Куруук үлэ туһунан кэпсэтэртэн киһи син биир сылайар. Документальнай киинэни устуу
– Чопчу тоҕо документальнай киинэни таллыҥ?
– Суруналыыс буоламмын. олоҕу хайдах баарынан, нууччалыы эттэххэ, объективно көрдөрөргө дьулуһабын. Документальнай киинэҕэ тугу даҕаны эппэккэ-саппакка, уруһуйдаан, үлүннэрэн биэрбэккэ, айбакка, кырдьыгы, субу баары көрдөрөҕүн. Бу бүгүн баар олоҕу, түгэни хабан ылан, камераҕа устуу бэйэтэ туспа искусство дии. Документальнай киинэ «игровой киинэ» курдук бэйэтэ драматургиялаах, сюжеттаах. Дьэ ону сатыахтаахпыт биһиги… Аны туран, документальнай киинэҥ араастаах. Холобур, биһиги киинэлэрбит ордук этнографическай хабааннаахтар диэххэ сөп. Нэһилиэк бүгүҥҥү олоҕун, кини уратытын, уһулуччутун көрдөрөр сыаллаахтар. Тыа сирин боростуой, үлэһит дьонун – булчуттары, сылгыһыттары, уустары, норуот ырыаһыттарын, учууталлары, быраастары, иистэнньэҥнэри көрдөрөбүт.
– Ити баарыан этэн аһарбытыҥ курдук, Кэбээйи, Таатта, Сунтаар, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Мирнэй, Ньурба, Бүлүү улуустарын нэһилиэктэрин туһунан, уопсайа, хас киинэ уһуллугут?
– 2014 сылтан саҕалаан барыта тоҕус киинэни уһуллубут. Бу барыта – «Күн оҕолоро» диэн документальнай цикл чэрчитинэн. Соторутааҕыта Анаабыр улууһун туһунан киинэбитин бүтэрэн, Россия табаһыттарын слетун кэмигэр көрдөрдүбүт. Бу киинэбитинэн Саха сиригэр олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тустарынан циклы саҕалаатыбыт. Анаабырга, Үрүҥ Хайаҕа, билэргит буолуо, долганнар олороллор. Бары кэриэтэ табаһыт хааннаах дьон. Долганнар кэннилэриттэн эбээннэри, эбэҥкилэри, дьүкээгирдэри, чукчалары устар былааннаахпыт. Баҕа санаа элбэх. Ол гынан баран, ханна да буоларын курдук, үп-харчы өттүгэр харгыстар бааллар. Үксүн улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталарын, култуура кииннэрин кытта кэпсэтэн үлэлиибит. Кинилэр эрэ көмөлөһөр, өйүүр буоллахтарына, нэһилиэк историята оҥоһуллар, атын ким даҕаны онно наадыйбат. Былырыыҥҥыттан араас граннарга кыттан көрөбүт. Хомойуох иһин, Россия, Саха сирин граннарыгар сайаапкаларбыт ааспатылар. Хоту дойдуга айан, бэйэҥ билэҕин, сөмөлүөтүнэн, сиринэн да буоллун, үтүмэн үбү эрэйэр. Онтон сылтаан олохтоохтор даҕаны айаннаабаттар.
Уус-уран киинэни устан, син харчы киллэриэххэ сөп. Ол бэйэҕиттэн тутулуктаах. Сюжет, драматургия сатабыла манна көстөр. Оттон документальнай киинэҕэ оннук интэриэс, сыал-сорук да суох. Арай дьэ кинофестивалларга кытта сатыыбыт. Аан бастаан 2014 сыллаахха Москваҕа «Арктика» диэн аан дойдутааҕы фестивалга кыттан. соһуччу миэстэлэспиппит. Хоту дойдуну биир гына устубут улахан уопуттаах киинэ-устуудьуйалары, режиссердары кытта киирсэн, инники кирбиигэ тахсыбыппытыттан олус соһуйбутум.
Быйыл Бүтүн Россиятааҕы «Мин дэриэбинэм» диэн суруналыыстар күрэхтэригэр биэс бириистээх миэстэттэн биирдэстэригэр тиксэн үөрдүбүт-көттүбүт. Салгыы өссө даҕаны Россия, аан дойду таһымнаах фестивалларга кыттар баҕа санаалаахпыт.
Документальнай киинэлэрбит тиэмэлэрэ кэҥээн иһэр. Нэһилиэктэр эрэ тустарынан буолбакка, билигин саха норуотун култууратыгар сыһыаннаах киинэлэри толкуйдуу сылдьабыт.
Былырыыҥҥыттан кылгас социальнай киинэлэри, роликтары устан эрэбит. Бастакы киинэбит бүөрэ ыалдьар киһи туһунан. Сүрүн дьоруойбут 40-ча саастаах Гаврил бэйэтин олоҕун туһунан кэпсиир. Кини билигин даҕаны күн өрүү-өрүү диализка сытар, донор көстө илик… Оттон иккис роликпыт — быраастар үлэлэрин туһунан. «Саха» НКИХ-ҕа балай да көстөр быһыылаах.
«Хранители тундры»
– Анаабыр улууһун туһунан «Хранители тундры» диэн киинэҕит ордук табыллыбыт дии санаатым. Киинэҕитин төһө уһуннук уһуллугут?
– Икки сыллааҕыта саас саҕалаабыппыт. Улуус баһылыга Иван Иванович Семенов көҕүлээһининэн устубуппут. Анаабырга мээнэ ыллыҥ даҕаны барбаккын. Туундараҕа айан — туһунан кэпсээн. Табаһыттарбыт биһиги эппиппитинэн сылдьыбат дьон. Ыллылар да баран хаалаллар. Кими да кэтэспэттэр, манаабаттар. Онон дьоруойдарбытын кэтээн тахсабыт. Сааскылаах Үрүҥ Хайа икки ардыгар сайын, күһүн суол суох. Өрүһүнэн эрэ сылдьаҕын. Анаабыр өрүс дьалхаана сүр. Лаптев муоратыттан субу сыттаҕа дии. Оттон туундараҕа көһө сылдьар табаһыттаргар тиийэриҥ эмиэ биир остуоруйа. Чэ, уопсайынан эттэххэ, киинэ оҥоруом диир буоллахха, Анаабырга тиийэн олохсуйуоххун наада эбит.
Бу икки сыл иһигэр Анаабырга сүрэхпинэн-быарбынан ыллардым. Омуннаан эттэххэ, дойдум курдук саныыбын. Дьиҥэ, оттон, Сахабыт сирин ханнык да муннугар тиий, син биир дойдуҥ буоллаҕа дии…
– Бу киинэҕитигэр хас киһи үлэлээтэ?
– Хамаандабытыгар режиссер үөрэхтээх икки кыыс үлэлиир. Диана Худаева, Санкт Петербурдааҕы киинэ уонна тэлэбиидэнньэ университетын бүтэрбит кыыс, монтажпытыгар — Света Романова диэн Америкаҕа үөрэммит кыыс.
Оттон киинэбитигэр хас эмэ оператордары кытта үлэлээтибит. Ол курдук, Гаврил Старостин, Михаил Кардашевскай, Иван Тищенко уһуллулар уонна биирдэ Кыйаара Юмшанова барса сылдьыбыта. Бары бииргэ буолбакка, биирдиилээн бара сылдьыбыттара. Мин бэйэм эмиэ иккис оператор быһыытынан үлэлээтим. Киинэбитин таҥыыга, монтаж кэмигэр, звукорежиссер Иннокентий Сивцев тыаспытын-ууспутун ыраастаата, композитор Моисей Кобяков муусука суруйан биэрдэ.
Анаабыр туһунан киинэбитигэр аҥаардас биир эрэ дьоруойу батыһан, кини олоҕун нөҥүө улуус олоҕун көрдөрүөххэ диэн идея баара бастаан. Ол гынан баран, барарбыт-кэлэрбит уустуга сыттаҕа, аны дьоруойбутун эккирэтиһэн сор бөҕө.
– Сардаана, оттон хоту, Арктикаҕа олоруоҥ этэ дуо? Арыый экстремальнай соҕус усулуобуйаҕа?
– Букатын олохсуйуох диэтэххэ, кырдьыга, мээнэ киһи тулуйбат олоҕо. Килиимэтэ, усулуобуйата – барыта бэлэмҥэ олорор куорат киһитигэр – ыарахан. Арай биир сыл олорон көрүөм этэ, ону даҕаны туох эрэ сыаллаах-соруктаах. Киинэ устаары дуу, биитэр кинигэ суруйаары дуу.
«Көҥүл худуоһунньук»
– Уруккуттан хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэҕин. Букатын, фотоаппарааккын кыбына сылдьааччыгын дии. Билигин эмиэ ол дьарыккын бырахпакка сылдьаҕын. Ааспыкка Национальнай художественнай мусуойга «Күн оҕолоро» быыстапкаҕар сылдьан, хаартыскаларгын кэрэхсии көрбүтүм. Ордук тугу түһэрэргин ордороҕун?
– Күннээҕи олоҕу. Урут суруналыыстыы сылдьан репортажтары оҥорор этим. Дьэ онно араас түгэннэри иилэ хабан ылыахтааххын, дьон эмоциятын, хамсаныытын-имсэниитин… Түргэн туттуулаах, кыраҕы харахтаах буолуохтааххын. Фотоаппарааккын биир кэм илиигэр тута сылдьаҕын. Билигин эмиэ оннук. Арай кэнники өссө айылҕаны түһэрэр буоллум. Урут олох даҕаны аахайбат этим. Ити быыстапкабар мин эрэ хаартыскаларым буолбатахтар. Анаабырга бииргэ сылдьыбыт режиссер кыыс Диана Худаева, оператор Ваня Тищенко уонна Москва фотограба Макс Авдеев үлэлэрэ бааллар.
– Ээ сөп. Билигин «көҥүл худуоһунньуктар», фрилансердар элбээтилэр. Эн эмиэ көҥүл сылдьаргын ордороҕун. Билигин хонтуораҕа үлэлиэҥ этэ дуо?
– Киһи бу олоххо көҥүл буолуохтаах. Сүрэҕин баҕатынан сылдьыахтаах дии саныыбын. Бэйэтэ да кылгас олохпутугар санаа утары сылдьар дьикти баҕайы дии. Биллэн туран, үп-харчы өттүнэн кыһайтарыылаах буолуо. Ол гынан баран, киһи сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктанар буоллаҕына, син үүтү-хайаҕаһы булан сылдьар ини. Бэйэ туһугар үлэлээтэххэ, дьиссипилиинэ, бэрээдэк тупсар. Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ким да эйигин ону гын, маны гын диэ суоҕа. Мантан инньэ бэйэм эрэ офиспар үлэлиир баҕа санаалаахпын.
– Сардаана, айар үлэҕэ ситиһиилэри баҕарабын.
Источник: «Саха сирэ» хаһыат, автор Анивера Акимова, https://edersaas.ru/