Амма Болугуругар «Моҕол Ураһа» документальнай киинэни көрдөрдүлэр
Ахсынньы 29 күнүгэр Амму улууһун Болугур нэһилиэгэр М.А. Ноговицын аатынан култуура киинигэр «Күн оҕолоро» айар бөлөх «Моҕол Ураһа» диэн саҥа киинэтин бастакы чааһын аан бастаан көрдөрдө.
Киинэҕэ Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр, бары ытыктыыр киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар Моҕол ураһаны тутуу туһунан кэпсэнэр.
“Күн оҕолоро” 2017 сылтан саҕалаан 2020 сылга диэри – ураһа ситэн-хотон, тутуллан тахсыар диэри – хас биирдии үлэ хаамыытын барытын устубуттар. Ону таһынан бу Моҕол ураһа диэн хантан силистээҕин, туох суолталааҕын чинчийэр үлэни ыыппыттар, историктар, археологтар санааларын хомуйбуттар.
Киинэ сүрүн геройдара — Мандар Уус уонна кини биир дойдулааҕа, кини баҕа санаатын олоххо киллэрэргэ туруммут уус, тутааччы Вячеслав Яроев. Бу икки араас кэм дьоно биир баҕа санааны ымыы оҥостон, саха норуотун биир саамай кэрэ архитектурнай пааматынньыгын сөргүтэллэр.
Бу баараҕай тутууга Саха сирин элбэх улууһун, нэһилиэктэрин иистэнньэҥнэрэ үлэлээбиттэрэ, биэс сүүстэн тахса киһи. Биһиги, болугурдар, аммалар, эмиэ бэйэбит кылааппытын киллэрбиппититтэн киэн туттабыт. Киинэҕэ Болугур хатыҥ чараҥнара, иистэнньэҥ кыргыттар сиэри-туому тутуһан, туос хастааһынын көрдөрбүттэрэ киирбит.
Киинэнин дуоһуйа көрдүбүт, ураһа туһунан билбэтэхпитин биллибит, ол эрээри дьэ саҥа уубутугар-хаарбытыгар киирэн эрдэхпитинэ, киинэбит бүтэн хаалла. Аны иккис чааһын долгуйа кэтэһэбит.
Киинэ режиссера, биир дойдулаахпыт Сардаана Барабанова бу үлэтин ситэрэн-хоторон, киэҥ көрөөччүгэ таһаара охсоругар баҕарабыт!
Ульяна Кузьмина.
Киинэ Президент Культурнай Инициативалар Фондаларын граныгар оҥоһуллар.
Фонд туһунан бу ссылкаларга киирэн көр: